Главная › Новости › Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо – Куприян Михайлов

Куприян Михайлов

Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо – Куприян Михайлов

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһыгар Куприян Васильевич Михайловка Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк аат иҥэрилиннэ Бу — кини элбэх сыллаах айымньылаах үлэтин, Саха сирин култууратын уонна искусствотын сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын үрдүк биһирэбилэ уонна ытыктабыла буолар.

Чурапчы улууһа былыр-былыргыттан талааннаах, айымньылаах дьонунан аатырар. Бу аат — Куприян Михайлов төрөөбүт дойдутугар тапталын, дьоҥҥо анаммыт үлэтин көрдөрөр. Кини талаана, үлэтэ , дьоҥҥо сыһыана үгүстэргэ холобур буолар.

Куприян Васильевич, бу үрдүк ааты ылбыккынан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Айар үлэҕэр өссө да үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу баҕарабыт!

Другие новости