Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо – Куприян Михайлов
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһыгар Куприян Васильевич Михайловка Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк аат иҥэрилиннэ Бу — кини элбэх сыллаах айымньылаах үлэтин, Саха сирин култууратын уонна искусствотын сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын үрдүк биһирэбилэ уонна ытыктабыла буолар.
Чурапчы улууһа былыр-былыргыттан талааннаах, айымньылаах дьонунан аатырар. Бу аат — Куприян Михайлов төрөөбүт дойдутугар тапталын, дьоҥҥо анаммыт үлэтин көрдөрөр. Кини талаана, үлэтэ , дьоҥҥо сыһыана үгүстэргэ холобур буолар.
Куприян Васильевич, бу үрдүк ааты ылбыккынан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Айар үлэҕэр өссө да үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу баҕарабыт!