Главная › Новости › Талааннаах худуоһунньук Владимир Иванов төрөөбүтэ 90 сылыгар быыстапка арылынна

Талааннаах худуоһунньук Владимир Иванов төрөөбүтэ 90 сылыгар быыстапка арылынна

Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СССР худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, талааннаах театральнай худуоһунньук, график, Владимир Давыдович Иванов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах "Сценографика" быыстапканы арыйар бэлиэ киэһэ СӨ национальнай художественнай түмэлигэр буолан ааста.

Владимир Иванов Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрыгар 1964-1967, 1974-1982 сылларга сүрүн худуоһунньугунан үлэлээбитэ. Кини сыана декорацията бэйэтэ туспа уобарас буолан айымньы ис хоһоонун көрөөччүгэ өссө дириҥник тиэрдиэн сөптөөҕүн көрдөрбүт талааннаах худуоһунньук.

Владимир Иванов сценогрфиятынан Саха театрыгар элбэх испэктээкил туруоруллубута. Олортон биирдэстэрин, «Маарыкчаан ыччаттара» испэктээкилтэн быһа тардыыны, Саха театрын артыыстара бэлиэ киэһэҕэ көрдөрдүлэр.

Другие новости