Бүгүн Саха театрыгар буолаары турар XVI норуоттар икки ардыларынааҕы "Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" театральнай фестиваль-форум туһунан Саха сирин суруналыыстарын, көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаларын кытары сиһилии атах тэпсэн олорон кэпсэтии буолан ааста.
Пресс-конференцияҕа "Журфикс", "Ил Түмэн", "Саха сирэ", "Тэтим. Саха радио", "Улус Медиа", "Sakha day" "ЯСИА", "ТАСС", "Саха" НКИК курдук киэҥ эйгэлээх суруналыыстар ыалдьыттаатылар.
Быйылгы фестиваль РФ норуодунай артыыһа, Россия уонна ССРС судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, РФ Үлэтин геройа Андрей Саввич Борисов 75 сааһын туолар үбүлүөйүгэр ананан "Учуутал уонна үөрэнээччилэр" диэн тутулга олоҕуруо. Фестивальга Андрей Саввич Борисов уонна кини үөрэтэн-такайан таһаарбыт билигин дойду национальнай театрдарын сирэйдиир режиссердар туруоруулара кыттыыны ылыахтара.
Бырагырааммаҕа уопсайа 25 испэктээкил бигэргэтиллэн Сэтинньи 27 - Ахсынньы 18 күннэригэр киэҥ хабааннаахтык ыытыллара күүтүллэр: Саха сирин уон театрыгар, Саха сирин филармониятыгар, Тыва, Алтай, Башкортостан, Калмыкия, Кыргызстан театрдара бииртэн биир хатыламмат туруоруулары көрдөрүөхтэрэ.