Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт (ХИФУ) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн "Култуура үөрэҕин уонна айар кылаан индустриятын" 2-с кууруһун устудьуоннара сылын аайы үгэс буолбут Саха култууратын сэттиэлэтин ситиһиилээхтик тэрийэн ыыталлар.
Бу бэлиэ тэрээһин чэрчитинэн устудьуоннар саха театральнай урамньытын сулустарын кытары көрсүһүүнү тэрийдилэр. «Уонна хаһан?» диэн сырдык, сэргэх уонна аһаҕас форматтаах ток-шоу ыалдьыттарынан П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа Елена Маркова уонна Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа Айталыына Яковлева буоллулар.
Ток-шоу устата артыыстар бэйэлэрин айар суолларын, театр алыптаах эйгэтин кистэлэҥнэрин уонна устудьуоннаабыт кэмнэрин туһунан истиҥник кэпсээтилэр. Устудьуоннар бэйэлэрин кэрэхсэтэр ыйытыыларыгар хоруйдары ылан, айар куттаах маастардары кытары истиҥ алтыһыыны олохтоотулар, сэргэх киэһэни бэлэхтээтилэр.