Главная › Новости › Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театра дойдубут сүрүн бырааһынньыгынан — Россия күнүнэн эҕэрдэлиир!

РОССИЯ КҮНҮНЭН ИТИИ-ИСТИҤ ЭҔЭРДЭ!

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, күндү көрөөччүлэрбит!

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театра дойдубут сүрүн бырааһынньыгынан — Россия күнүнэн эҕэрдэлиир!

Бу күн — биһиги күүстээх, кыахтаах уонна элбэх норуоттаах дойдубут иллээхтик сомоҕолоһон олорорун, устуоруйатын уонна баай култууратын бэлиэтиир. Саха театра норуот духуобунай кыһата буоларын быһыытынан, ийэ тылбытын, төрүт үгэспитин харыстаан, сыана нөҥүө үйэтитэр ытык иэстээх. Биһиги айар үлэбит Россия култууратын байытар, норуоттар икки ардыларыгар доҕордоһууну бөҕөргөтөр уонна кэрэҕэ сирдиир.

Другие новости