Главная › Новости › Кирилл Семёнов 75 үбүлүөйдээх сааһа

Кирилл Семёнов 75 үбүлүөйдээх сааһа

Бүгүн «Суоһалдьыйа Толбонноох» испэктээкилгэ бары ытыктыыр, убаастыыр, талааннаах киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, театр эйгэтигэр тылбаасчытынан киэҥник биллибит Кирилл Михайлович Семёнов 75 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсөр дьоро киэһэ тосхоллонно!

Кирилл Михайлович Саха төрүт тылын, култууратын үйэтитиигэ элбэх сыллаах үлэтин, үйэлээх кылаатын иһин «За вклад в сохранение и развитие родных языков в Республике Саха (Якутия)» бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадаланна.

Кэлбит көрөөччүлэр, ыалдьыттар эҕэрдэ маанытын этэн, уохтаах кымыһынан, сахалыы саламааттаах алаадьынан күндүлэннилэр, үөрүүнү үллэһиннилэр.

Другие новости