Вы сейчас просматриваете Саха Сирэ: Саха тыйаатыра сааскы гостуруолларга айаннаата

Саха Сирэ: Саха тыйаатыра сааскы гостуруолларга айаннаата

Саха тыйаатырын артыыстара уһун тохтобул кэнниттэн бэҕэһээҥҥиттэн,   олунньу 20 күнүттэн, үгэс буолбут сааскы гостуруолларга айаннаатылар.

Быйылгы гостуруоллар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар ананаллар. Тааттаҕа уонна тус хоту  артыыстар  түөрт биригээдэнэн арахсан үлэлииллэр. Тыйаатыр артыыстара  “Сайылык”, “Таптаа, миигин таптаа”, “Ийэ”, “Оҕо куйуурдуу турара…”, “Кэргэн кэпсэтии”, “Кустук”, “Тиэтэйбит”, “Кыһыл көмүс хоруоп” испэктээктэри бэлэх уунуохтара.

Артыыстарбытыгар ситиһиилээх гостуруолу баҕарабыт.